Олонхо- богатство народов Саха
МР «Уус-Алдан улууьа (оройуона)»
МБОУ «В.Н.Мигалкин аатынан
Чаран орто уопсай уерэхтээьин оскуолата»
«Олонхо – саха норуотун бар5а баайа».
(уруок разработката)
Онордо: Чаран орто оскуолатын учуутала
Атастырова Сардаана Митрофановна
2012 сыл
Тереебут литературабыт – 6-с кылаас
Темата: «Олонхо – саха норуотун бар5а баайа».
Уруок сыала:
1. Олонхо оло5у ойуулуур суду айымньы буоларын уерэтии.
2.Олонхонон ыччаты иитии еруттэрин ейдетуу.
3.Олонхонон о5о тылын саппааьын, айар дьо5урун сайыннарыы.
Туттуллар тэрил: Е.М.Поликарпова, П.И.Оконешникова «Тереебут литературабыт» 6-с кылаас, Поликарпова Е.М., Гоголева М.Т. «Олонхону ыччакка» интерактивнай дуоска, проектор, «Олонхо-саха норуотун тылынан уус-уран айымньыта» медиа.
1. Тэрээьин чаас:
-Утуе кунунэн о5олор! Бугун бьиги «Олонхо-саха норуотун бар5а баайа» диэн уруокпутугар саха норуотун уьулуччулаах уус-уран айыытын – олонхотун туьунан кэпсэтиэхпит. Бугун мин эьиэхэ олонхо оло5у ойуулуур суду айымньы буоларын туьунан, ыччаты уерэтэр-иитэр суолтатын кэпсиэ5им. Олонхо5о анаан онорбут медиабытын керуехпут.
- Тэтэрээкээ чыыьыланы теманы суруйтарабын.
11. Сурун чаас:
1. -О5олоор, саха норуотун тылынан уус-уран айымньыларын тустарынан биьиги бэьис кылааска эмиэ кэпсэтиьэн турабыт. Билигин миэхэ норуот тылынан уус-уран айымньыларын араастарын былырыын барбыппытын санатыьа таарыйа этин эрэ. (О5олор таабырын, ес хоьоонноро, остуоруйа, чабыр5ах диэн этэллэр)
-Маладьыастар, олох умнубатах эбиккит. Онтон быйыл биьиги саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан керунун олонхону барабыт. Олонхо норуот тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан керунэ. Кини ис хоьоонунан да киэн, тас керунунэн да улахан. Манна киьи-аймах уйэлэр тухары суппэт-оспот утуе сиэрэ, олох туьугар охсуьуута ойууланар. Кэрэ, утуе быьыы-майгы уйэлээ5ин, киьи оло5о бутун норуотун оло5ор суолталаа5ын олонхо филисофията этэр. Кини сурун этэр санаата-«кун улууьун, айыы айма5ын дьонун» дьоллоох, эйэлээх олохторун «абааьы аймахтарыттан» кемускээьин. Олонхо бар дьон уйгулаах оло5ун туьугар ханнык да ыарахаттартан толлубакка хорсуннук охсуьарга ынырар. Норуот саас-уйэ тухары эйэ5э, дьолго ба5арбытын уус-уран тыл кууьунэн уос номо5о оностон кэпсиир. Олонхо киьи оло5ун сурун ис хоьоонун о5о-уруу теретен ыал буолууну этэр.
Олонхо5о ус дойду ойууланар. Орто дойдуга кемускэстээх санаалах кун еркен улуустара, аьыныгас санаалаах айыы хаан аймахтара олороллор. Кинилэр урумэлээх уут курдук уут тураан олохторун Аллараа дойду адьарай биистэрэ ада5ыйан тахсаннар аймыылларын иьин, Уеьээ дойду урдук айыылара суду куустээх бухатыыры ох курдук онорон, кустук курдук куоьаан туьэрэллэр. Бухатыыр орто дойду дьонун кемускээн уьун айаннарга турунар. Аллараа дойду абааьыларын кытта охсуьан кыайыы-ерегей кетелленен кэлэр. Олонхо бутуутугэр орто дойду дьоно бары бэйэлэрин дьоллорун булан, ыал буолан уруу тэрийэллэр. Бу буолар олонхо оло5у ойуулуур кестуутэ. Хас биирдии киьи орто дойдуга олох олоро кэлэр. Онон кини ханнык ба5арар ыарахаттары туораан олох олоруохтаах диэн уерэтэр сурун идеята.
- Олонхо5о туох туьунан кэпсэнэр эбитий? (О5олор олонхо5о ус дойду, айыы дьонун уонна абааьылар тустарынан кэпсэнэрин этэллэр)
- О5олоор, олонхо туох сурун идеялаах эбитий? (О5олор олох олоруу диэн этэллэр).
- Билигин мин кэпсээбиппин чинэтэ таарыйа олонхо туьунан онорбут медиабытын керуехпут. Бу медиа сана дьылга анаан оноьуллубут. Ону наьаа соьуйбакка керергутугэр ынырабын. Манна олонхо ис хоьоонун кердерер хартыыналар, онно сеп тубэьэр музыка уонна олонхоьут кэпсээнэ баар. Музыканы танан онорон биэрдэ биьиги биир дойдулаахпыт Гаврил Свинобоев, музыка учууталынаан Надежда Николаевна Свинобоевалыын, олонхону аа5ар Чараннаа5ы культура киинин улэьитэ Александр Николаевич Бурцев, сценарийын о5олорум олонхо туьунан ейдебулу ыллыннар диэн араас олонхоттон талан мин суруйдум уонна маны барытын танан медиа онордо Иван Иванович Окоемов.
- Чэ, бары былыргы дьыл быдан мындаатыгар, урукку кэм одун уор5атыгар айанныа5ын.
2. Интерактивнай дуоска5а медиабытн холбоон керебут.
- Дьэ эрэ о5олоор, олонхо туьунан сурун ейдебулу мин кэпсээммиттэн уонна медиа кереннут ыллыгыт. Билигин хараххытыгар онорон керун эрэ былыргы саха бала5анын иьин.
(О5олор харахтарын симэн учуутал этэрин ейдеругэр онорон кереллер)
- Кемулуек оьох умайа турар. Оьох иннигэр о5олуун-кырдьа5астыын бары мустан олонхоьуту истэллэр. Былыр уот суох кэмигэр кинилэр аралдьыйаллара эрэ ити. Ол иьин олонхоьут кэллэ5инэ кинилэргэ уеруу.
3. - Чэ, эрэ харахпытын астыбыт. Билигин мин эьиэхэ олонхо уерэтэр-иитэр еруттэрин кэпсиэ5им. Олонхону, саха норуота уйэлэргэ уьаарыллыбыт еркен ейунэн айыллыбыт оло5ун философиятын, ейун-санаатын, сиэрин-майгытын, дьонно дьайар суду кыа5ын ейдеен, ыччаты иитиигэ-уерэтиигэ туьаныахтаахпыт. Олонхо норуот ейун-санаатын чыпчаала буоларынан норуоту иитэр кууьэ ураты куустээх.
(Дуоска5а суруйабын, о5олор тэтэрээккэ суруналлар)
Мантан антах олонхо иитэр-уерэтэр кууьун ырытан керуе5ун. Миигин кытта тэннэ тэтэрээккэ улэлээн иьэбит.
1. Олонхо5о киьи теруе5уттэн уьун оло5о уустаан-ураннаан ойууланар. Бухатыыр айыллан, алгыстанан Орто туруу буран дойдуга олохтоноот, оло5ун оностубутунан, дьиэ-уот тэриммитинэн барар. Хас биирдии туттуута, хамсаныыта алгыьы, тулалыыр эйгэ5э, айыл5а5а утуе сыьыаны, сугуруйууну кытта ситимнээх. Олонхо геройдарын эргиччи айыылар, от-мас иччилэрэ араначчылыыллар. Ол да иьин «Саха-айыл5а о5ото» диэн этиллэр. Айыл5аны кытта биир тыыннаах, ейдеьер, ейеьер аналлаах. Ону олонхо геройдара тутуьаллар. Айыы киьитэ «аьыныгас санаалаах, кемускэх сурэхтээх», онтон ситимнэнэн айыл5аны кытта биир тыыннаах буолан хорсун сурэхтээх, сытыы, мындыр ейдеех, утуе-кэрэ майгылаах буолар. Бу буолар норуот ыччатын иитэр сурун тутаах терутэ. Айыл5алыын биир тыыннаах киьи атын дьону-сэргэни ейдуур, ытыктыыр, аьынар, кемускэс. Саха айыл5а о5ото буоларын быьыытынан кини хайдах эбитий?
О5олор: Аьыныгас (тэтэрээккэ суруйаллар)
2. Уерэх туьунан ейдебул олонхо5о баар. Олонхо бухатыыра хайаатар да угус уерэ5и ааьан «ус биис угэьигэр уетуллубут», «а5ыс уон а5ыс албаьы, то5ус уон то5ус кубул5аты» баьылаабыт буолар. Туох да бу Орто дойдуга сырата сылбата, дьулуура, дьаныара, улэтэ суох ситиьиллибэтэ, уерэ5и, ньыманы, сатабылы ылыныы, баьылааьын киьи оло5ор быьаарар суолталаа5а олонхо5о кэрэьэлэнэр. Сатабыла, дьо5ура, билиитэ-керуутэ суох киьи оло5о табыллыбакка огдолуйар аналлаа5а кестер. Манна туох диэн суруйабыт?
О5олор: Уерэ5и ылыныы, дьулуурдаах, дьаныардаах буолуу (тэтэрээккэ суруйаллар)
3. Олонхо5о бухатыыр Орто дойдуга урдук аналлаах, ыйаахтаах туьэриллэр. Уол о5о барахсан омук тирэ5э, оло5ун тутаа5а буолара кестер. Кини сыала «кун дьонун кемускуур, айыы дьонун араначчылыыр» Бу урдук аналтан тереебут дойдуга, норуокка бэриниилээх, кинилэр тустарыгар елеллерун утуйарга холуурга тиийэ хоодуот буолуу хоьуйуллар. Ханнык да ыксаллаах тугэннэ бухатыыр ейдеехтук-тейдеехтук сыьыаннаьан, иннин-кэннин кэтэнэн керен онорор. Анардас кулумэх куус алдьархайы эрэ ааннатыан себе, ей-сурэх кууьэ оло5у онорорго, араначчылыырга быьаарар суолталаа5а ейденер. Манна туох диэн суруйабыт?
О5олор: Анардас кууьунэн эрэ буолбакка ейгунэн эмиэ туьаныахтааххын.
4. Олонхо5о ураты суолталаахтык дьахтар ойууланар. Манан кини норуот оло5ор терут буолара этиллэр. Угус олонхо теруетэ дьахтар. Абааьы уола дьахтары уоран барыыта-бутун норуот оло5ун уйгутун, кэскилин, дьолун туьугар охсуьууга кубулуйар. Бухатыырдар айыы дьахтарын араначчылаары, кун дьахтарын кемускээри уустук киирсиилэргэ, дуолан охсуьууларга буьаллар-хаталлар, кыайон-хотон тахсаллар. Дьахтар олох сал5аныыта, утуе кэрэ, ыраас санаа символа. Дьахтары идеал оностуу норуот утуе-мааны майгытын, кыыска, ийэ5э сылаас сыьыаннаа5ын кердерер. Дьахтар норуоту салгыыр, омук омугунан хаалар кутун-сурун тутар, кенул, дьоллоох оло5ун бэлиэтэ буолар улуу ейдебуллээ5ин норуот олонхотугар ойуулуур. Бу мындыр санаа саха олонхотун тустуурэ кэрэхсэбиллээх. Манна туох туьунан этилиннэ?
О5олор: Кыыска, дьахтарга убаастабыл, кинилэри араначчылааьын.
5. Олонхо ыал тэриллиитинэн-олох сурун укулаата ууруллуутунан, уруу олохтонуутунан тумуктэнэр. Дуолан охсуьуулар, ытык киирсиилэр-барыта ыал буолуу, олох оностуу туьугар оноьуллаллара бэйэтэ суунэ иитэр суолталаах. Саха ыал буолууга бастын суолтаны биэрэрэ-оло5у биирдиилээн дьон-сэргэ дьолунан керере дирин философскай истээх. Олонхо иитэр-уерэтэр сыала ткохха сытар эбитий?
О5олор: Ыал буолуу, норуот инники кэскилэ.
6. Олонхо5о сиэр-туом тиьигэ ырылхайдык кестер. Геройдар олохторун бэлиэ туьумэхтэрэ хайаатар да алгыьынан арчыланар. Алгыс норуот иитэр-такайар суду куустээх ньымата буолар. Ол курдук хас биирдии саха киьитэ куех окко ункурус гынаатын кытта Иэйиэхсит илгэлээх, Айыыьыт арчылаах алгыьынан керсуллэр. Олонхо5о туттуллар сиэр туом?
О5олор: Ебугэ сиэрин-туомун тутуьуу, алгыьы уерэтии.
7. Тереебут ийэ тылы таптыырга олонхо тыла тиэрдэр. Тыл кэрэтэ, кууьэ, имэнэ оло5у уус-ураннык дьуьуйэр. Кунду баай- ей-санаа баайа- тыыннаах тылга. Саха аптаах-алыптаах тыла –олонхо5о. Олонхъолуун алтыспыт норуот талааннаахтара, айар улэьиттэрэ улэлэрэ тахсыылаах, ейдере-санаалара тобулла5ас буолар. Олонхо туохха тапталы иитэр эбитий?
О5олор: Тылга. Тыл баар буолла5ын норуот баар.
Дьэ биьиги олонхо иитэр-уерэтэр еруттэрин бу курдук наардаатыбыт. Олонхону о5ону-ыччаты иитиигэ туьаннахха дьин сайа5ас ейдеех-санаалаах, сахабын дэнэр киьини иитэн таьаарыахха сеп диэн эрэниэ5ин.
Бугунну уруок сыалын ситистибит. Олонхо саха норуотун бар5а баайа буоларын итэ5эйдибит. Кини иитэр-уерэтэр еруттэрин кэпсэтистибит. Олонхобут суду улахан суолталаах буолан аан дойду шедевринэн биллэрилиннэ. Онон хас биирдии саха о5ото киэн туттуохтаах, олонхону уерэтиэхтээх.
111. Тумук чаас:
1. Дьиэ5э улэ: Олонхо иитэр-уерэтэр еруттэрин кэпсииргэ бэлэмнэнэн кэл.
- Керсуеххэ диэри.
Автор: Атастырова Сардаана Митрофановна