«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата
Быһаарыы сурук
Хас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.
«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара оҕо ѳйүн кыра сааһыттан сайыннарыыга, билиини – кѳрүүнү биэрэргэ, дьоҕуру, сатабылы сайыннарыыга кѳмѳлѳһѳр. Оҕолор уопсай сайдыыларын түргэтэтиигэ улахан кѳмѳлѳѳх. Маны тэҥэ сахалыы сиэргэ иитиигэ ордук суолталаах. Ѳбүгэ саҕаттан кэпсээҥҥэ кэпсэнэр саха мындыр булугас ѳйѳ, сатабыла, тулуура, дьулуура, кырдьыксыта – бу оонньууга тиллэр. «Сонор» оонньуу оҕо толкуйдуур, ѳйдүүр, ырытар, болҕойор, тэҥниир, сѳптѳѳх быһаарыныыны, сыанабылы туораттан кѳмѳтѳ суох ылынар дьоҕурун сайыннарар. Маны тэҥэ оҕо тылын сайыннарар, уус уран тылы, тулалыыр олоҕу, айылҕаны кытта билиһиннэрэр.
Автор: Васильева Наталия Борисовна