Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы»
«Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыьыаран сайыннарыы»
Яковлева Е.Г. , М.Н. Турнин аатынан Тыараґа орто оскуолатын алын суьуех оскуола учуутала.
Норуот педагогиката диэн саха норуотун оло5у анаарар толкуйун, кутун-сурун, сиэрин-туомун, оло5ун-дьаьа5ын, терут дьарыгын, уйэлэр тухары чочуйбут, тутуьар, о5отун иитэр утуе угэстэрин кердерер саха уерэ5э буолар. Норуот педагогикатын араас еттунэн керен, чинчийэн, наардаан аныгы о5ону иитиигэ туьаныы биьиги оскуолабыт иитэр-уерэтэр программатын сурун хайысхата буолар. Тыараьа орто оскуолатыгар норуот педагогикатын олохтоохтук уерэтии 1994 сыллаахтан “О5ону иитиигэ, сайыннарыыга туелбэ араас эйгэтин хардарыта дьайсыыларын олохтооьун» диэн холоон керер, чинчийэр улэ тэриллиэ5иттэн уонна олонхону уерэтииттэн са5аламмыта. Мин оччолорго алын суьуех оскуола5а социальнай педагогунан ананан улэлээбитим. Суьуех улэтин «Саха – айыл5а о5ото» тиэмэ5э оло5уран ыыппыппыт. О5о кыра сааґыттан норуот утуе угэстэрин, сиэрин-майгытын инэринэн улаатарыгар туьуламмыт «Сиэрдээх буолуу» тосхолунан улэ ыытыллыбыта. Норуот о5ону иитэр угэстэрин уерэтии тумугэр «Аймах о5ону иитэр угэстэрэ» семинар ыытыллыбыта. О5о киґи быьыытынан уьуйуллуута, чел куттаах – сурдээх, чэгиэн, олоххо бэлэмнээх буолуута кини дьиэ кэргэниттэн, дьонуттан-сэргэтиттэн, тулалыыр эйгэтиттэн тутулуктаах. Онон улэбитигэр тыа сирин дьоно-сэргэтэ норуот уйэлээх угэстэрин терут ейдебуллэрин ыьыктыбакка илдьэ сылдьаллара теьуу куус буолбута. Онтон ыла о5ону иитиигэ туелбэ араас эйгэтиттэн ытык-мааны кырдьа5астар, идэлээх, айар дьо5урдаах, талааннаах дьон, тереппуттэр оскуола ыытар тэрээьиннэригэр, научнай-практическай конференцияларга, семинардарга кыттыылара утуе угэскэ кубулуйда.
Автор: Яковлева Елена Гаврильевна