Главная / Начальные классы / Материалы мо

Агрохайысхалаах задачалар 1-2 кылаас

Скачать
1.42 МБ, 1492650.docx Автор: НадеждаСаввинова, 7 Апр 2016
Скачать
1.65 МБ, 1492651.docx Автор: НадеждаСаввинова, 7 Апр 2016

Үөрэх дэгиттэр дьайыыларынан нөӊүө задачалары суоттааһын
ФГҮөС оскуолаҕа киириэҕиттэн үөрэх-иитии үлэтигэр элбэх уларыйыылар киирдилэр.
Начальнай үөрэхтээһин тиһигэр чопчу предмети үөрэтэр эрэ буолбакка, үөрэх дэгиттэр дьайыыларын сайыннарыы соруга турар:
Тус суолталаах дьайыы (личностные УУД);
Бэйэни салайынар-дьаһанар дьайыы (регулятивные УУД);
Билиини-көрүүну ылар дьайыы (познавательные УУД);
Бодоруһа үөрэнэр дьайыы (коммуникативные УУД).
Математика программатыгар задачаны суоттааһын биир сүрүн миэстэни ылар. Биһиги 4 сыл устата элбэхтик үлэлиибит эрээри, үөрэнээччилэр задачаны суоттуурга ыарырҕаталлар, задачаны үчүгэйдик суоттуур оҕо ахсаана аҕыйах буолар.
Биричиинэтэ: суоттатар задачабытын оҕоттон таба суоттуурун эрэ ирдиибит. Хас биирдии оҕоҕо бэйэтигэр сыһыары тутан, олоҕу кытта сибээстээн, саха оҕотун ис туругар, уйулҕатыгар сөп түбэһиннэрэн, олохтоох матырыйаалга олоҕуран задачалары сааһылаан үлэбитигэр киллэрдибит.
Агрооскуола буоларбыт быһыытынан алын сүһүөх оскуола оҕото төрүт дьарык туһунан сөптөөх билиини, сатабылы ыларын туһугар уруоктарбытыгар агрокомпоненнары киллэрэбит, үлэ араас көрүӊнэрин көрдүүбүт. Математика уруогар задачаны суоттааһыӊӊа агрохайысха тиэмэтигэр сөп түбэһэр задача хомуурунньуга оӊордубут. Ол курдук, ынах-сүөһү, сылгы, дьиэ көтөрө, от үлэтэ, оҕуруот аһа туһунан задачалар талыллан киирдилэр.
Задачаны суоттааһын этаптарын биири да көтүппэккэ ыытыы хайаан да барыахтаах:
1. Задача ис хоһоонун ырытыы.
2. Задача ис хоһоонун математика тылынан араас ньыманан кылгастык суруйуу.
3. Задачаҕа биллэр кэриӊнэр уонна ыйытыы сыһыаннарын булуу.
4. Задачаны суоттааһыӊӊа былаан оӊоруу.
5. Былаан быһыытынан задачаны суоттааһын.
6. Задача суотун, эппиэтин бэрэбиэркэлээһин уонна бэйэни хонтуруолланыы.
1. Задача ис хоһоонун ырытыы сатабылларын баһылааһын:
1 кылааска «задача диэн тугуй?» өйдөбүлү ылыы. Задача ис хоһоонун, ыйытыытын арааран билии. Задачаҕа туох туһунан этиллэрин булуу (объекты), объектар кэриӊнэригэр хас предмет киирэрин быһаарыы.
2 кылааска задачаҕа хас объект кыттыһарын булуу.
3, 4 кылаастарга задача ис хоһоонун схема, таблица көмөтүнэн ырытыы. Ол курдук 2 кылааска атыыга задачалар киирэллэр уонна сыаната, ахсаана, төһөҕө турара өйдөбүллэри үөрэнээччи чопчу өйдүүрүн ситиһиэхтээхпит. 3,4 кылаастарга үлэҕэ аналлаах задачаларга үлэ онорумтуота, үлэ бириэмэтэ, үлэ барыта, айан задачаларыгар түргэнэ бириэмэтэ, ырааҕа өйдөбүллэри үөрэнээччи задачаны ааҕан баран текст ис хоһоонуттан арааран булара улахан оруоллаах.
2. Текстовой задачаны математика тылыгар көһөрүү:
1-гы кылааска хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый диэн задачалары схеманан онорорго үөрэтэбит.
2-с кылааска хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕын схемаҕа таба көрдөрөр сатабыллары билиэхтээх.
3 кылааска задача кылгас ис хоһоонун таблицаҕа толорор үөрүйэҕи билиэхтээх. Таблица хас столбигынан оӊоһулларын, задача көрүӊүттэн көрөн ханнык тыллар, формула туттулларын, хас объект, хайааһын түһүмэҕин быһааран, хас строканан сурулларын сөпкө быһаара үөрэнэрин ситиһиэхтээхпит.
4 кылааска айаӊӊа задачаларга утарыта, биир туһаайыыга, икки аӊы хайысхаҕа айаӊӊа чертеһу таба оӊорор үөрүйэҕи үөрэтэбит.
3. Задачаҕа биллэр чыыһылалар уонна ыйытыы сыһыаннарын таба булуу.
1 кылаас. Задача 3 бэйэ-бэйэлэрин кытта ис хоһоонунан сибээстээх кэриӊнэртэн турар. Манна биир кэриӊ биллибэт. Икки биллэр кэриӊнэр сыһыаннарын булан үһүс биллибэт кэриӊи арифметическай дьайыынан суоттаныллар. 1-гы кылааска хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый диэн задачаларга кэриӊнэр сыһыаннарын таба булан эбиинэн, көҕүрэтиинэн суоттанарын таба булларабыт. Хаһынан эрэ элбэх буоллагына эбэбит…
2-с кылааска хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕын төгүл, түӊэтии дьайыынан суоттуурун быһаарыахтаах.
3 кылааска уустук задачаларга бэйэ бэйэлэрин кытта сибээһи буллара үөрэтэбит. Хас судургу задачаттан турарын сибээстэһэр 3-үү кэриӊнэри булларан быһааттарабыт. Көнө пропорциональнай сыһыаннардаах задачаларга кэриӊнэр сыһыаннаһыыларын булларабыт.
4 кылааска төттөрү пропорциональнай сыһыаннардаах задачаларга үлэлиибит.
4. Задача ханнык көрүӊүн быһаарыы.
1-гы кылааска сыалайы, чааһы булууга, тэӊнээһиӊӊэ (хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый) диэн задача көрүӊнэрин суоттуубут.
2-с кылааска хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕый диэн задачалар киирэллэр. Икки дьайыылаах уустук задачалары суоттааһын, ханнык судургу задачалартан туралларын быһааттарабыт.
3 кылааска 2,3 дьайыынан суоттанар уустук задачалар киирэллэр.
4 кылааска утарыта, биир туһаайыыга, икки аӊыы хайысхаҕа аналлаах айаӊӊа задачалар киирэн биэрэллэр.
5. Задачаны былаанннаан суоттааһын.
1 кылааска задача элеменнэрин ойуунан, знагынан солбуйан дьайыыны оноруу.
2-скэ задачаны дьайыынан арааран, хас биирдии дьайыытын быһааран суруйуу.
3 кылааска задачаны хас да ньыманан суоттааһын.
4 кылааска задачаны араас ньыманан суоттаан баран саамай табыгастааҕын булуу, туһаныы.
6. Суоттаабыт задачаны бэрэбиэкэлээһин.
1 кылаас: сыалай, чаас, эбии, көҕүрэтии сибээстэрин туһанан төттөрү дьайыынан суоттаан хонтуруоллата үөрэтии. Судургу задачаҕа төттөру задачаны оӊотторуу.
2 кылаас: Уустук задачаларга төттөру задачалары оӊотторуу.
3 кылаас. Хас да ньыманан суоттаан баран саамай табыгастааҕын булуу.
4 кылаас: Суоттуу үөрэммит табыгастаах ньыматынан быһаарыы.
Бу хомуурунньук Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатын начаальнай кылааһын учуутала Иванова С.Р. дидактическай матырыйаалыгар уонна пособиетыгар олоҕуран оӊоһулунна.


Автор: НадеждаСаввинова
Похожие материалы
Тип Название материала Автор Опубликован
документ Агрохайысхалаах задачалар 1-2 кылаас НадеждаСаввинова 7 Апр 2016
документ Саха тылын уруога 2 кылаас А.П.Колесова учебнига Баева Лилиана Ивановна 15 Ноя 2015
документ Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы» Яковлева Елена Гаврильевна 1 Апр 2015
документ Агрохайысхалаах диктант хомуурунньуга НадеждаСаввинова 7 Апр 2016
документ "Кылаас аанын сэгэтэн" Петрова Нюргуяна Денисовна 20 Мар 2015
документ Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу Федорова Анастасия Алексеевна 31 Мар 2015
документ Николай Якутскай "Дьукаахтыылар" остуоруйа. Аа5ыы уруога 3 кылаас Федорова Анастасия Алексеевна 31 Мар 2015
документ Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 8 кылаас Иванова Саргылана Васильевна 13 Дек 2015
документ Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 6 кылаас Иванова Саргылана Васильевна 13 Дек 2015
документ Рабочая программа по математике для 5 класса к учебнику Н.Я. Виленкина и др. ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 исмагилова танзиля талгатовна 21 Мар 2015
документ Рабочая программа по математике, 5 класс, авторы учебника - Виленкин Н.Я. и др. ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 Медведева Татьяна Петровна 29 Апр 2015
разное Рабочая программа по предмету "Математика" 5 класс на 2011-2012 учебный год ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 Янушонок Наталья Ивановна 1 Апр 2015
документ Рабочая программа по математике 5 класс, Виленкин Н,Я. Жохов, В.И., 6 часов в неделю ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 Хлуденева Наталия Николаевна 1 Апр 2015
разное Приложение №2 Ерохина Любовь Александровна 1 Апр 2015
разное свидетельство-2 Светлана Александровна Михайлова 1 Апр 2015
разное Критерий 2 Жирнова Любовь Григорьевна 1 Апр 2015
документ Система проверочных работ по экономике в 10 классе Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Киселева Юлия Владимировна 21 Мар 2015
документ Методическая разработка к урокам экономики по учебнику Липсица 10-11 классы Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Вариант №1 Вариант №2 Киселева Юлия Владимировна 21 Мар 2015
документ ПИМы 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 3 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 3 ВАРИАНТ 1 ВАРИАНТ 2 ВАРИАНТ 3 ВАРИАНТ Люгге Любовь Николаевна 21 Мар 2015
разное Окружающий мир, 1 класс, 2 часть Константинова Виктория Владимировна 2 Мар 2016
разное Поурочное планирование Математика 2 класс 1 и 2 полугодие Дементьева Наталья Владимировна 2 Мая 2015
документ Календарно-тематическое планирование по алгебре 9 класс. Проверено: ____________ 2 2 3 1 2 3 1 Аленина Наталья Юрьевна 1 Апр 2015
видео 1 сентября 2014 года ( 2 видео) Безбородова Татьяна Александровна 1 Апр 2015
документ Система разноуровневых проверочных работ по теме «Квадратный корень». Вариант 1 Вариант 2 Вариант 3 Вариант 1 Вариант 2 Вариант 3 Вариант 1 Вариант 2 Вариант 3 Ненина Елена Владимировна 1 Апр 2015
документ Контрольная работа по Математике 2 Класс 1-2 четверть Попова Алла Владимировна 30 Мар 2015
документ 2 класс 1-2 группа от 14.12.14 Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ 2, 3 класс 1, 2 группа Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ 2 класс 1, 2 группа 05.11.14 Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ 2 класс 1, 2 группа СЛОВА ПРИЗНАКИ Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ 2 класс 1, 2 группа СЛОВА ДЕЙСТВИЯ Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ 2 класс 1, 2 группа СЛОВА ПРЕДМЕТЫ Ефремова Екатерина Анатольевна 30 Мар 2015
документ урок математики 1 класс. тема: Число 2. Цифра 2 Стрижко Светлана Владимировна 18 Апр 2015
документ Spotlight-7 TEST-2 (Module-2) Variant 1 Спорышева Любовь Николаевна 5 Авг 2015
документ сценарий праздника 1 Сентября (2 класс, 2 урока) Кузьмина Татьяна Альбертовна 15 Окт 2015
документ Самостоятельные работы по математике 2 класс (1-2 четверть) Бойко Юлия Владимировна 23 Дек 2015
разное Праздник Осени (2 класс) Байбулдина Валерия Владиславовна 1 Апр 2015
разное митинг ко 2 февраля Протасова Наталья Ивановна 1 Апр 2015
разное Риторика 2 класс Говорко Ирина Андреевна 1 Апр 2015
видео Детские песни 2 Шилкина Анастасия Викторовна 1 Апр 2015
видео 2 мл. группа. Барчукова Ольга Александровна 1 Апр 2015