Главная / Старшие классы / Родной язык и литература

Ођо суруйар үөрүйэђин сайыннарыы

Скачать
41.32 КБ, 297773.docx Автор: Cлепцова Ирина Семеновна, 20 Мар 2015

Грамматиканы да, литератураны да үөрэтии биир сүрүн соругунан тылы сайыннарыы буолар. Ситимнээх саҥаны сайыннарыы диэн оҕо кэпсиир уонна суруйар үөрүйэххэ үөрэниитэ буолар.Ситимнээх саҥаҕа үөрэтии сүрүн көрүҥнэринэн тылынан кэпсээһин, аахпыттан уонна өйтөн суруйуу буолар. Балартан өйтөн суруйуу үөрэтэр-иитэр суолтата олус улахан. Өйтөн суруйуу туохха барытыгар болҕомтолоох буоларга, тулалыыр эйгэни кэтииргэ, истибити, аахпыты толкуйдаан, ис хоһоонун илдьиритэн сыаналырга үөрэтэр.

Ейтен суруйуу-айар улэ. О5о кыра эрдэ5иттэн айар толкуй дьо5уругар ылларыахтаах. Кыра о5о эрдэхтэн тыл баайын сайыннарбатахха, ейтен айан суруйуу сыппах, тыла-еье сымсах буолуо, биир тэн халыыптаах этиилэр баьыйыахтара. Кыра кылаас уерэнээччитигэр ейтен суруйууга айыл5аны, тулалыыр эйгэни кэтээн керуу айар улэ тирэ5инэн буолар. Септеех усулуобуйа, улэ тэрилиннэ5инэ, о5о бэйэ тугу билбитин-кербутун кэпсииргэ, санаабыт санаатын, иэйиитин тиэрдэргэ дьулуьуо. Бу тугэни муччу туппакка, айан ейтен суруйууга уьуйуохха наада. Өйтөн суруйуу тылыгар-өһүгэр, ис хоһоонугар, тема кэриҥин арыйыыга сүрүн болҕомто ууруллар.


Автор: Cлепцова Ирина Семеновна
Похожие материалы