Василий Алексеев - лирик-поэт
Василий Андреевич Алексеев 1949 сыллаахха муус устар 8 кунугэр Уеьээ Булуу улууьун Кырыкый нэьилиэгэр Ирина Спиридоновна уонна Андрей Васильевич Алексеевтар дьиэ кэргэннэригэр биэс о5оттон иккис о5онон кун сирин кербутэ. Исидор Барахов аатынан Дуллуку сэттэ кылаастаах оскуолатын бутэрбитэ.
Дьокуускайдаа5ы арыы собуотун маастардарын бэлэмниир оскуола5а уерэнэн, уон алта сааьыттан улэьит буолан, Таатта арыы собуотун маастарынан улэтин уьун суолун са5алаабыта. Манна тапталын Тыараьа кыыьа Катя Эртюкованы керсен, ыал буолан олохтоохтук оностон Черкееххе олохсуйбута. Ус уол, икки кыыс о5оломмуттара.
Кини айар тыл абыланар, уран тыл умсул5аныгар адьас кыратыттан ылларыллыбыта. Маннайгы хоьоонун 1961 сыллаахха Дуллуку оскуолатыгар алтыс кылааска уерэнэ сылдьан суруйбута. 1972 сылтан бэчээттэнэр буолбута. 1976 сыллаахха «Уктэммэтэх урдэллэр» диэн бастакы кинигэтэ тахсыа5ыттан нарын тыллаах, иьирэх иэйиилээх лирик поэт быьыытынан саха аа5ааччытыгар биллэн барбыта. Онон 17 сыл буолан баран 1993 сыллаахха «Кун анна туналга сууланна» уонна «Талыы, талба Таатта5а» диэн икки кинигэтэ субуруччу тахсан дьону соьуппута. Дьэ онтон ессее «Судаарыскай» (1994) хоьоон-сэьэнэ, «Тапталым уота уостума» (1995), «Умсул5ан» (2009) барыта а5ыс кинигэтэ бэчээттэммитэ.
Автор: Федорова Анастасия Алексеевна