Аа5ыы абылана-программа внеаудиторной деятельности
Үөрэнээччини сиэрдээх майгыга-сигилигэ туһаайар туһуттан, Амма улууһуттан төрүттээх, силистээх-мутуктаах суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин үтүө холобуругар о±олору үөрэтэр сыаллаах сурулунна. Төрөөбүт дойду суруйааччыларын уус-уран айымньыларын этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн-быарынан, эт мэйиитинэн ылынар буоллаҕына, ођо киһи быһыытынан бигэ туруктаах сайдара чахчы.
Куурус тођооһо (актуально´а): көрдөрөр –иһитиннэрэр информация сайдыбыт кэмигэр, аађыы суолтатын үрдэтии, аађыыга интэриэһи үөскэтии . Ыйыталаһыы, бэсиэдэлэһии түмүгүнэн о±олор Амма улууһуттан тахсыбыт суруйааччылары, айымньыларын үгүстэрэ билбэттэр. Түөлбэ суруйааччыларын айымньыларын аахпат буоланнар, иэйии, өй-санаа уhуктуута ситэтэ суох. Билиңңи түргэнник уларыйар сайдыылаах олоххо ођону сиэрдээх, духовнай ис баайдаах киһи гына иитиигэ дьулуһуу буолар.
Практическай суолтата: уус-уран айымньыга интэриэһи күүһүрдүү. Төрөөбүт улууспут айар талааннаахтарын туһунан билиини хаңатар, убаастабылы иңэрэр суолталаах.
Автор: Cлепцова Ирина Семеновна