Внеурочка "Мин уонна Тенулу Эбэм"
Аан дойду алааскыттан саҕаланар
норуот муудараһа
Төрөөбүт төрүт буор, төрөөбүт Ийэ дойду киһиэхэ күндү, кэрэ. Төрөөбүт үөскээбит, биһиккин ыйаабыт, куорсун анньыммыт, кынат куурдуммут, олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэммит ытык сирбит, айылҕа биир маанылаах дойдута, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Хотун Төҥүлүбүт буолар. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит үлэни өрө тутан, нэһилиэк сайдарыгар күүстэрин-уохтарын ууран үлэлэспиттэрин кэнчээри ыччаппытыгар тириэрдиэхтээхпит. Дойдубут дьоно дьоллоох, байылыат олохтоох, ыччаттара үөрэхтээх, анал идэлээх, туруу үлэһит дьон буолан иитиллэн, сайдан тахсалларыгар, олорор түөлбэбит үүнэ-сайда, тупса-кэҥии турарыгар үлэлэһиэхтээхпит.
Оҕо бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин кыра сааһыттан билэ-көрө үөрэнэригэр бастатан туран, кини олорор дьиэтэ-уота, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. Оҕо бэйэтин төрүччүтүн, аймахтарын сиһилии билэригэр сүбэ-ама буолуохтаахтар.
Иккиһинэн, төрөөбүт түөлбэтигэр олорор уулуссата, ыаллара, онтон салгыы көрөр-истэр тэрилтэлэрэ оҕо патриотическай тыыҥҥа иитиллэн тахсыытыгар, төрөөбүт нэһилиэгинэн киэн тутта үүнэригэр тирэх буолар.
Автор: Дагданча Анастасия Гаврильевна